күлтэҥнээ
- күлтэй диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Толоруулаах Доропуун, табахсыт киһи эбит, балта саҕа удьурҕай хамсаны сэлтэтэн таһааран, табах уурунан, тардан сообурҕатта, икки омурда күлтэҥнээтэ, табаҕын буруота бургуҥнаата. П. Ойуунускай. Айаҕар биир да тиис ордубатах, икки омурда тыыннаҕын аайы хабах курдук, күлтэҥнии сылдьар, баттаҕа хаар маҥан буолбут. Н. Якутскай