күлүбүрэс
I · 1
- күлүбүрээ II диэнтэн холб. туһ. Онтон-мантан утуу-субуу улардар көтөн күлүбүрэстилэр. Амма Аччыгыйа. Кынаттаммыт кустар өрө көтөн күлүбүрэспиттэр. Софр. Данилов
II · 2 · даҕааһын
- Күүскэ умайар, өрө күүдэпчилэнэр
Нууччалыы
- Пылающий, пламенеющий, полыхающий
- Куруҥ иһигэр Лэҥкэтэр Лэгэнтэй дьиэтигэр көмүлүөк оһох күлүбүрэс уоттаах. Күндэ. Санаам үөһэ уйдаран Салалынным холкуоспар, Арыы астыыр, сыа уулуур, Алаадьылыыр киэһэлэр Күлүбүрэс оһохтуун көстөн тиийэн кэллилэрР. Баҕатаайыскай