күүттэр
- күүт диэнтэн дьаһ. туһ. Өр күүттэрбэтэҕэ, ийэтэ, ыаҕайа тоҕонохтонон баран, ытыы-ытыы, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, суол устун кэлэн сайылыгын диэки ааспыта. Суорун Омоллоон. "Хата, күүттэрбэтигит. Мин субу аҕай кэллим ээ", - дии тоһуйда Уйбаан уонна убайыгар оҕунуох иҥмит чэрдээх илиитин уунна. Н. Лугинов. Кэлиэх буолан күүттэрбитин Яков чахчы өйдүүр. Н. Заболоцкай