туохтуур
күөппээллээ
- , кэпс. Туох да толкуйа, дьалаана суох саҥар эбэтэр тугу эмэ оҥор
Нууччалыы
- Говорить или делать что-л. бездумно, бестолково, нелепо
- Никифор Сидорович туох буолбутун өйдөөбөккө, тохтуу түһэн, ол-бу диэки көрбөхтөөн баран, бокуойа суох салгыы саҥаран күөппээллээбитинэн барбыт. В. Яковлев. [Күөх Көппө:] Бэрдэ ол буоллаҕа дии, түөһэлэрбин кытта көххө үлэлээн күөппээллиэхпит. Л. Габышев. "Оттон мин эмиэ киһибин дии", - диэн кэпсээн-ипсээн күөппээллии олорор Багда Байбалы [оҕонньор] быһа түстэ. В. Тарабу кин