ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

даҕааһын

көбдөркөй

  • Чиҥээбэтэх, сахсархай, кэбирэх (хол. , буор, кумах)

Нууччалыы

  • Рыхлый, неплотный, пористый
  • Ол сир буора көбдөркөй, тыал үрэр аһаҕас хонуута, хайаан да куурбута буолуо. П. Егоров. Дьаам ырбыт атынан өрүс көбдөркөй, бөп-бөһүргэс буолбут мууһун устун айаннатан сэппэрэҥнэтэн испитэ. Н. Босиков. Кумах көбдөркөй буолан киһилэри, көлөлөрү тобуктарыгар диэри көмөн кэбиһэрэ. "ХС". Тэҥн. көбдө I. Ср. монг. хөвдөрхии (газар) ‘место с рыхлой почвой’

«К» буукуба