көлөөк
1 · даҕааһын
- Тугу да сатаабат, кыайбат
Нууччалыы
- Негодный, дрянной, ни к чему не способный, никчемный
- Аһыырга аллаах, үлэҕэ көлөөк (өс хоһ. ). Эрэй диэни билбэтэх, Эт туппут эрэттэр Көөһөлүспүт бэйэлээх Көлөөк үлэһит эбиттэрС. Тимофеев
2 · даҕааһын
- Сатамньыта суох, куһаҕан, мөлтөх
Нууччалыы
- Неумелый, неспособный, немощный, слабый, плохой
- Көлөөк дьаһаллаах Күн ыраахтааҕы Көмүс бөрөстүөлүттэн Көстө көппүтэ. Тоҥ Суорун. Күчүмэҕэй күҥҥэ көрөн туран Көмөлөспөт диэн көлөөк быһыы! Р. Баҕатаайыскай. "Пахай, ааттаах булчут диэбиттэрэ, адьас көлөөк ытааччы эбит!" - дии-дии күлэн алларастыыр. А. Кривошапкин (тылб. )
- Көлөөк буолан хаалбыт. ПЭК СЯЯ. Ср. русск. голяк
3 · аат тыл
- суолт. , эргэр. Быстар дьадаҥы киһи
Нууччалыы
- Нищий, голяк