лахсыыр
1 · аат тыл
- Элбэх тыл, мээнэ элбэхтик саҥарыы, дойҕох
Нууччалыы
- Бессодержательная долгая речь, пустые слова
- Дьэ ити көхсүн этиттэр эрэ тохтообот хотун буолуо. Икки хас чаастаах лахсыыр саҕаланна быһыылаах. Амма Аччыгыйа. [Терентий:] Манна үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Пьесалар - 1956. Маасса лахсыыртан уонна резолюциялартан хал буолан хаалла, онон быыбарга аанньа кыттыбат, быыбары аахайбат буолла. В. Ленин (тылб. )
- Олоҕо суох мээнэ тыл, мээнэни саҥарыы. Θ Бессмыслица, вздор, болтовня. Аҕам оҕонньор: "Ити эмээхсин лахсыырын истимэ, эр киһи, эр бэрдэ буоллаҕыҥ, саҥата-иҥэтэ суох ыстанан хаал", - диэтэ. Ф. Софронов. "Ээ, ити барыта сымыйа лахсыыр!" - Лариса өһүргэнэн эһиэхэйдэннэ. В. Яковлев. Ээ, инструкция диэн! Ол бүрүкүрээттэр лахсыырдара. Кинилэр хаһан хонууга үлэлээннэр ону билиэхтэрэй?Тумарча
2 · даҕааһын
- суолт. Этиигэ сыстыы ситиминэн быһаарыы буоллаҕына: мээнэ элбэх тыллаах, элбэх саҥалаах, дойҕохтоох
Нууччалыы
- В позиции примыкающего определения: многословный, бессодержательный, вздорный (напр. , о речи); любящий много говорить, болтливый
- Лахсыыр кэпсээн. Лахсыыр киһи. Ити кини акаары уонна аһаҕас лахсыыр киһи эбээт. Н. Островскай (тылб. )
3 · этии
- Куба лахсыыр тойук (тыл) фольк. - элбэх саҥа, күүгээн "Дьэ, хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан, сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?!" - дэсиһэн ол улуу дуолаттар, маргыар бөҕөнү түһэрэн, куба лахсыыр тойугун туойбутунан барбыттар. Д. Апросимов. Кус-хаас лахсыыра кэпс. - туора киһи сатаан ыпсыытын булан өйдөөбөт уһун кэпсэтиитэ, балкыһыыта. Θ Долгая невразумительная речь (или разговор). Ср. туркм. лакгы ‘болтун, пустомеля, пустослов; болтливый’
Нууччалыы
- Шумный разговор, гомон