логлос
- логлой диэнтэн холб. туһ. Өрүс эстэрэ сөҕүмэр. Сүүнэ улахан муустар устан логлоһоллор. И. Федосеев. Алыһардаахха саҥа кэбиһиилээх оттор ыраах-ыраах логлоһон тураллар. Н. Габышев. Маҥан таба саҕынньахтарын Намылыччы кэтэннэр, Логлоһон ахан турдахтарын Тоҥору билбэт тииттэр. И. Эртюков