матаһый
- матай I диэнтэн хамс. көстүү. Матаһыйбыт суон дьахтар суолга уун-утары тахсан, Хаппытыаны кураанах сарт тымтайынан түбэһиэх сабаата. А. Софронов. Ол диэкиттэн холкуос бэрэссэдээтэлэ өрө матаһыйан иһэр. Р. Кулаковскай. Хайа, ол Маайа бачча эрдэ ханна матаһыйдаҕай? Бээ, түннүгүнэн тоҥсуйуохха. В. Гаврильева