ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

маҥырас

  • маҥыраа диэнтэн холб. туһ. Сүөһү маҥыраһан билсэр, киһи кэпсэтэн билсэр (өс хоһ. ). Биһиги иһэбит диэххэ айылаах, ынахтара маҥыраспытынан хоту халдьаайыны таҥнары сырсан, бырдааттаһан киирдилэр. М. Доҕордуурап. Тиэргэҥҥэ оҕустар мөҥүрэһэллэр, ынахтар маҥыраһаллар, ньирэйдэр мэҥирэһэллэр. А. Бэрияк

«М» буукуба