ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

миигинниин

1

  • мин диэнтэн холб. түһүк. [Мартыын:] Эн манна дьолгун буларыҥ биллибэт, Миигинниин барыс, эйигиттэн баҕас Тугу кистиэмий, Мохсоҕолу кытта Оҥочо оҥордубут, иккиэммитин уйуо. И. Гоголев. Ыар, сырдык ыырдарбар барытыгар, Ыраас кыыс, мэлдьитин эн баарыҥ. Миигинниин мин аҕам ыыспатыгар Эн төрөөн сытарыҥ. Эллэй. Дьэ, бүгүн бу күөлгэ, аллара Күммүтүн муҥхаҕа барыахпыт. Убайыам, онно муус аллара, Билигин миигинниин барыахпыт. "ЭК"

2 · этии

  • Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы - мин оннооҕор онно тигистим, кыттыгастаах буоллум диэн суолтаҕа туттуллар (бэйэни сэнэнэн этии) Бэл, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Далан. [Ыалдьыт Тэрэнтэйгэ:] Онон, дьэ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, ас бөҕөнү аһаан, тэбис-тэҥҥэ үөрэн-көтөн бэрт үчүгэйдик, сылаастык хонон турдум. М. Чооруоһап

Нууччалыы

  • И я в придачу (как довесок - пренебрежительно по отношению к себе). - Быйыл төһөлүү куһу өлөрдүлэр? - Үгүс, дьон эрэ барыта тииһиннэ

«М» буукуба