модьоҕолон
- модьоҕолоо диэнтэн бэй. , атын. туһ. Кэриэрбит мас чарпалара модьоҕолонон сыталлар. Амма Аччыгыйа. Улаҕата биллибэтэх туундара сис тыалаах хайалара модьоҕолонон көһүннүлэр. Н. Лугинов. Үрэх халдьаайы өттө ыраас сирэйдээх намыһах мас хайаларынан модьоҕолонон турар. Р. Кулаковскай