мун-тэн
1 · туохтуур
- туохт
- Бэрт сиһилии ыйдаран баран, уончата мунан-тэнэн, үксүн сатыы саллырҕайдаан, кини университет дьиэтин син булла. Амма Аччыгыйа. Доҕор хараҕа мунан-тэнэн суол көрдүүрбэр Сулус буолан сырдыырга дылы. Л. Попов. Барбыт сиригэр син сыылларан тиийэр, мунар-тэнэр диэни билбэтН. Габышев
2 · туохтуур
- Баран иһэр суолгун сүтэрэн эрэйдэн, туора-маары айаннаа (киһи мунуо да суоҕар)
Нууччалыы
- Блуждать, сбиваться с пути
- Бэрт сиһилии ыйдаран баран, уончата мунан-тэнэн, үксүн сатыы саллырҕайдаан, кини университет дьиэтин син булла. Амма Аччыгыйа. Доҕор хараҕа мунан-тэнэн суол көрдүүрбэр Сулус буолан сырдыырга дылы. Л. Попов. Барбыт сиригэр син сыылларан тиийэр, мунар-тэнэр диэни билбэтН. Габышев
3 · туохтуур
- Туохха эмэ ыарырҕатан, хайдах быһаарыныаххын булума
Нууччалыы
- Теряться, приходить в замешательство; блуждать
- Муна-тэнэ, абалана турдахпына Эрдэлиирим бу тиийэн кэллэ эбээт. Амма Аччыгыйа. Хас суруйааччы литератураҕа тус-туһунаннык киирэр. Сорох уу ньуулдьаҕай суруйуулартан саҕалаан, бэрт өр эрэйдэнэн, мунан-тэнэн баран, сыыйа анал суолун булунар. Софр. Данилов. Ити курдук мунан-тэнэн, балачча өр саҥата суох буугунаһан бүк түһэн олордуларП. Филиппов