мучумаан
1 · аат тыл
- , кэпс
- Саһар, куотар мучумааныгар түһэллэр. Н. Якутскай. Ким барыта өйө-санаата көтөн, тус бэйэтин эрэ иннин хайынар, тус бэйэтэ эрэ тыыннаах хаалар мучумааныгар түстэ. С. Ту мат. Кыараҕас соҕус эйгэ иһинэн үҥсүү-харсыы, мучумаан бөҕө буоларФ. Софронов
2 · аат тыл
- Туох эмэ сүпсүлгэнэ, өрө-таҥнары ытыллыы
Нууччалыы
- Беспокойная торопливость в действиях, беготня, суета, суматоха
- Саһар, куотар мучумааныгар түһэллэр. Н. Якутскай. Ким барыта өйө-санаата көтөн, тус бэйэтин эрэ иннин хайынар, тус бэйэтэ эрэ тыыннаах хаалар мучумааныгар түстэ. С. Ту мат. Кыараҕас соҕус эйгэ иһинэн үҥсүү-харсыы, мучумаан бөҕө буоларФ. Софронов
3 · аат тыл
- Этиһиилээх-охсуһуулаах улахан айдаан
Нууччалыы
- Скандал, дебош
- Түмээски уҥуоҕун таһыгар Турбут бэрт улахан мучумаан. Баалкынан Лэгиэнтэй баһыгар Оҕуста Сатаайка Арамаан. Эрилик Эристиин. Улуу мучумаан буолла, Остуол, олоппос оҕунна, Уоппут эмиэ умулунна, Оҕо, дьахтар сарылаатаА. Бэрияк
4 · аат тыл
- Өй-санаа толкуй булкуллуута, дууһа эрэйдэниитэ
Нууччалыы
- Смятение чувств, беспокойство, беспокойные думы
- Уйбаачаан төһө да мэлдьэстэр бэйэтин иһигэр улахан санаа мучумааныгар түһэ сылдьар. М. Доҕордуурап. Мин мучумаан бөҕөҕө ылларабын. П. Аввакумов. Бу тухары кимин-тугун кыайан быһаарымына, бэйэм туспар улахан мучумааҥҥа түстүм"ХС"