мыччыстаҕас
1
- көр мырчыстаҕас
2
- [Киил оҕонньор күлбүтүгэр] сүүһүгэр ыар санаалар мунньустар суоллара буолбут дириҥ мыччыстаҕастар тарҕана түстүлэр. Н. Лугинов. [Охоноон] сирэйэ эмиэ сымнаан, бытыгырас мыччыстаҕастара арҕам-тарҕам хамнаатылар. Л. Попов. Маша өһөстүк ньимиччи туттубут уостарын уонна харахтарын кытыытыгар кыһалҕалаах олох суола буолбут мыччыстаҕастар сурааһынныы түспүттэр. "ХС"