мэҥий
1 · туохтуур
- туохт
- Чыычаах өйдөнөн кэллэ, иһин түгэҕиттэн иҥсэлээхтик өрө мэҥийэн уһуутаата. И. Гоголев. Киил оҕонньор үөһэ тыынарын быыһыгар ынчыктыыр курдук өрө мэҥийэн көхсүн этиттэ. Н. Лугинов. Гавриил хайдах эрэ иһин түгэҕиттэн мэҥийэн өрө уһуутаан кэбистэА. Данилов
2 · туохтуур
- Күүскэ эппэҥнээн тыын, аҕылаа эбэтэр үөскүн тартарар курдук тыын
Нууччалыы
- Хватать ртом воздух, задыхаться
- Чыычаах өйдөнөн кэллэ, иһин түгэҕиттэн иҥсэлээхтик өрө мэҥийэн уһуутаата. И. Гоголев. Киил оҕонньор үөһэ тыынарын быыһыгар ынчыктыыр курдук өрө мэҥийэн көхсүн этиттэ. Н. Лугинов. Гавриил хайдах эрэ иһин түгэҕиттэн мэҥийэн өрө уһуутаан кэбистэА. Данилов
3 · туохтуур
- Аҕылыаххар диэри күүскэ сүүр
Нууччалыы
- Сильно запыхаться от бега, еле переводить дыхание
- Табалар субу өрө мэҥийэн кэлээт, соһуйбут үөр туллук курдук туора халыйан тахсан тоҥуу хаарга тохтуу биэрдилэр. Амма Аччыгыйа. Пашка сүүрэн мэҥийэн кэлэн, гарааска көтөн түһэр. Н. Якутскай. Оскуола дьиэҕэ муҥ кыраайбытынан мэҥийэн тиийдибитИ. Никифоров
4 · туохтуур
- сөбүлээб. Ким, туох эмэ туһугар сиэрэ суох кыһалын, сүүр-көт; кимиэхэ эмэ бэрт буолан иннигэр-кэннигэр түс
Нууччалыы
- Проявлять чрезмерную заботу, беспокоиться о ком-л. ; стараться изо всех сил угодить кому-л
- "Оҕом" дии-дии мэҥийэриҥ бэрт ахан дии. Төһөнү өлүүлүүгүн?!" - Сэмэн Лөгөнтөй өйдөөбөтөх өттүттэн күөрэс гыннарда. Р. Кулаковскай. Билигин кэлэн тоҕо бэрт буола сатаан мэҥийдигит?С. Ефремов
5 · туохтуур
- Туохха эмэ улаханнык талас, баҕар
Нууччалыы
- Проявлять большой интерес к кому-чему-л. , стремиться к кому-чему-л
- Демьян оҕонньор элбэхтик эрэйдэммит дойдутугар мэҥийэр буолан хаалбыт. Эрилик Эристиин. "Аны оноолоох соннооххо орооһуом суоҕа, бииллээх соннооххо мэҥийиэм суоҕа," - диэн андаҕайбытым"ХС"
6 · туохтуур
- Улахан эстэр тыаһы таһаар
Нууччалыы
- Издавать громкий хлопающий звук
- Эмискэ таҥара дьиэтин кылабыыһатын соҕуруу муннугуттан туох да быыстала суох, тибиирэн эрэр курдук эстэр саа тыаһа мэҥийэр. Н. Якутскай. Улуу дьаалы сэп хаста даҕаны хабараан-хабарааннык мэҥийдэ, уот сындыыстарынан уһууртаата. А. Данилов. Ср. алт. меҥде ‘спешить, торопиться’, бур. мэҥхи ‘багроветь’, кирг. мэҥкээ ‘обессилеть, изнуриться’