намсыгыр
1 · даҕааһын
- даҕ
- Болҕойон көрбүтэ, ыта уп-уһун түүлээх, намсыгыр кулгаахтаах, хап-харанан тэһэ көрбүт харахтаах -- эбит. М. Попов. Тэҥн. налбыгыр
2 · даҕааһын
- Аллара ньалбыйан түспүт (үксүгэр ыт кулгааҕын туһунан)
Нууччалыы
- Свисающий, обвислый (обычно об ушах собаки)
- Болҕойон көрбүтэ, ыта уп-уһун түүлээх, намсыгыр кулгаахтаах, хап-харанан тэһэ көрбүт харахтаах -- эбит. М. Попов. Тэҥн. налбыгыр
3 · даҕааһын
- Намыһах уҥуохтаах, хапсыгыр түөстээх, нүксүччү туттубут (киһини этэргэ)
Нууччалыы
- Низкорослый, имеющий впалую грудь, сутуловатый (о человеке)
- Биирдэһэ улардыы хонойуоҕунан хонойбут, иккиһэ, киниэхэ холоотоххо, быдан намсыгыр. СофрДанилов