ньарылаа
- тыаһы үт. т. Күүскэ ньааҕынаан ытаа
Нууччалыы
- Громко, жалобно плакать
- Сотору дьиэ иһигэр кыһыл оҕо саҥата ытаан ньарылаата, уолаттар, соһуйбут, үөрбүт омуннарыгар өрүтэ көтүөккэлэһэ турдулар. Болот Боотур. Сыбар иһигэр киирбиттэрин кэннэ, куобах саҥата өссө биирдэ ньарылаата. Н. Заболоцкай. Куоска уола [оҕото] ыалдьыбыт, Куһаҕан дьүһүн буолбут. Киэһэтигэр ньарылыыр, Сарсыарда эрдэ ытыыр. И. Эртюков. Тэҥн. ньаккыраа