ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

ньирээйи

1 · даҕааһын

  • Улаата илик синньигэс, иинэҕэс (хол. , мас)

Нууччалыы

  • Молодой, тонкий, упругий (напр. , о дереве)
  • Сып-сырдык чээлэй күөх мутукча сандаҕыра наҕарбыт, ньирээйи сирэм тырымнаабыт, сэбирдэх илибирээбит. П. Ойуунускай. Ньирээйи хахыйах бөлкөйө мэһэйдээн, бочугурас эрэйдээх миигин өйдөөн көрбөтөх быһыылаах. Болот Боотур. Тэбис тэҥҥэ ойуур иһиттэн часкыйар саҥа аймана түһэр да, ньирээйи ойууру тоҕо силэйэн, тыһы эһэ ойон тахсарМ. Чооруоһап

2 · даҕааһын

  • Ырыган, дьүдьэх, көтөх (хол. , сүөһү)

Нууччалыы

  • Худой, ослабленный, худосочный (о скотине)
  • Кыһыны арыычча туораабыт ньирээйи торбостору сайыҥҥы мэччирэҥҥэ ыыталаатылар.  Ыстаадабыт табатын үксэ сайыҥҥы ыйдарга өлө сыһан баран өрүттүбүт бодоҥнор, ньирээйилэр. А. Кривошапкин (тылб. ). Тэҥн. ньыраайы
  • Онтон аллара -- хойуу тэтиҥнээх чараҥнар силигилииллэр, ол салгыытыгар сэндэҥэ ньирээйини кырыйа маардар субуллар сирдэригэр дьороҕор сотолоох тайахтар кыһалҕата суох хаамсаллар. А. Кривошапкин (тылб. )

3 · аат тыл

  • суолт. Саҥа быган эрэр үүнээйи (хол. , от-мас)

Нууччалыы

  • Росток, поросль (о растительности)

«НЬ» буукуба