этии
ньолбос гын
- ньолбой диэнтэн көстө түһүү. Наһаа өйдөөх сүөһү: сыҥааҕын күрүө үрдүгэр уурбахтаан баран -- көтөн ньолбос гыннаран кэбиһэр. Амма Аччыгыйа. Начаас тохтуу түспүтүгэр, [эһэ] төбөтө ньолбос гынан биэрдэ. Н. Заболоцкай. Аны туран киһим сотору тура эккирээт, ханна эрэ ньолбос гынан хааллын - оччоҕуна тиһэх эрэмньибиттэн малыйабын дии! С. Руфов