ньуолдьаҕай
1 · даҕааһын
- Өссө да ситэ-хото илик, эт-сиин өттүнэн сайда илик
Нууччалыы
- Молодой, ещё не достигший полной физической зрелости
- Ыйдаҥалыы ымманыйа Ахта сылдьабын эйиигин, Ньуолдьаҕай сааһым ырата - Мин күөх Сиинэм - Мин биһигим. С. Данилов. Холкуос эр дьонноро бааллара буоллар, кини, ньуолдьаҕай кыысчаан, от тиэйэ сылдьыа этэ дуо?! В. Протодьяконов. Оччотооҕу оҕо дьон сэрии алдьархайын эт хааннарынан билбиттэрэ, ыар үлэ-хамнас кинилэр ньуолдьаҕай сарыннарыгар сүгэһэр буолбута"ХС"
2 · даҕааһын
- Бүтэһиктээх кээмэйигэр тиийэ илик; сиппэтэх (уус-уран айымньы туһунан)
Нууччалыы
- Ещё не достигший кондиции; незрелый (о литературном произведении)
- Мин аахтым долгуйа, аймана, Былыргы ньуолдьаҕай хоһооммун. С. Данилов. Ити хотугу дойдуну, туундара айылҕатын, муустаах байҕалы, онно олорор, үлэлиир дьону хоһуйар -- сиппэтэх, ньуолдьаҕай хоһооннор этэВ. Миронов
- Эрилик Эристиин. Тэҥн. ньулдьаҕай
3 · аат тыл
- суолт. Сааһын ситэ илик оҕо
Нууччалыы
- Маленький ребёнок. [Манчаары Маайаҕа:] Икки мөһөөх харчы баар, онон иринньэххин иит, ньуолдьаҕайгын улаатыннар