ньэлбэгэйдии
- көр нэлбэгэйдии. Кини бэдэр саҥыйаҕын ньэлбэгэйдии кэтэн туран үүс-киис тириитэ өллүргэлээх үтүлүгүн уоһунан илиитин таһааран туран -- алҕаабыта. Саха сэһ. I. [Сабыйа Баай хотун] Бэдэр бэрдэ Бэртэлээх саҕынньаҕын Ньэлбэгэйдии кэтэн Нэлэгэлдьийэн-хотолдьуйан -- киирдэ. П. Ойуунускай. Уордаах Үөксүкү киис бэргэһэтин эгэпчилии кэтэн, саҕахтаах саһыл саҕынньаҕын ньэлбэгэйдии кэтэн баран, төттөрү-таары хаамыталыыр. Суорун Омоллоон