нөрүс
- нөрүй диэнтэн холб. туһ. Сотников тэниппит лиис кумааҕыларын үрдүгэр иккиэн умса нөрүһэн, кыҥастаһан бардылар. Р. Баҕатаайыскай. Өлүөнэ түгэҕэ көстүбэт халыҥ тыанан бүрүллүбүт үрдүк хайалара өрүһү икки өттүнэн нөрүһэн тураллар. П. Филиппов. Кэрэ намыын Үөл үөттэр Көлүччэҕэ нөрүһэн Күлүктэрин көрбүттэр. Чэчир 68