ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

туохтуур

ойоҕолоо

  • Ким, туох эмэ ойоҕоһунан тэҥнэһэн кэккэлэһэ бар

Нууччалыы

  • Идти рядом, сбоку, сравняться с кем-чем-л. на ходу
  • Эҥэлдьийэн көстөр аартыктан сыарҕалаах оҕуһу ойоҕолообут киһи бытаан соҕустук сыннаран иһэрэ көстүбүтэ. П. Аввакумов. Уол кунанын ойоҕолоон, адаар төҥүргэстэр быыстарынан арҕаа диэки хаамтаран бара турда. Эрилик Эристиин. Инники иһэр Валера тохтоото, Сиимэ убайын ситэн кэлэн ойоҕолоото. ГНА ТС

«О» буукуба