аат тыл
омнуо
- Итэҕэс, табыллыбатах өрүт, киһи сирэр, итэҕэститэр өттө
Нууччалыы
- Предосудительный поступок; недостаток
- Кэскиллээх кэпсээн кэмчи, Салалталаах санаа татым, Ойулгулаах толкуй омнуо. Өксөкүлээх Өлөксөй. Олус арбаабыт киһибит Омнуота улахан эбит... - Дьону киртитэн сылдьыбыт, Сороҕу дьыалалаабыт. Р. Баҕатаайыскай. Эдэр дьон кыра да омнуолара, мөлтөх өрүттэрэ кинилэр харахтарыгар хайдах эрэ олус улаатан, үллэн көстөр. С. Никифоров. Ср. халх. , калм. андуу ‘ошибка’