оройдот
- көр оройдоо. Көҥдөй төбө хаһан тобулан оройдотуор диэри, түргэн саҥалаах ойоҕо кини оннугар хап-сабар эппиэттии оҕуста. У. Ойуур. Миэхэ да бэрт үгүстэ быһаара сатаабытыҥ да ону оройдотуох төбөт буолуом дуо? "ХС". Икки өй? Ха-ха! Олус уустуктук бөлөһүөктээн эрэҕин, төбөм дьэҥкэрдэҕинэ эрэ оройдотуом буолаахтыа. "ЭК"