сандалас
- сандаархай диэн курдук. Сааскы сандалас маҥан күн соҕурууҥҥу халлааҥҥа өрө күөрэйэн тахсан, күн ортолоон эрдэҕинэ, биир үрэххэ кэлэн [Дорогуунап Ньукулай] ата хорос гына тура түстэ. П. Ойуунускай. Саҥа дьиэ сандалас киэҥ иһин, Сырдык мөҥүөнүн, үрдүгүн Көрөөт биллим холкуостаах киһи Дьоллоох олоҕун курдугун. И. Эртюков