саһааннаах
1 · даҕааһын
- даҕ
- Ааныска балтараа саһааннаах кыдама атырдьаҕы ньилбэгэр биллэҕэн -- бугул аҥардыыта оту өрүтэ эһэн биэрэ турбут. Амма Аччыгыйа. [Быргый] ураҕаһынан биир түөрт уонча саһааннаах сиртэн чүөмпэ уутун таһыйан, балык күрэтэн киирэн бардаКүндэ
2 · даҕааһын
- Саһаан усталаах, үрдүктээх, төһө эрэ саһаан буолар кээмэйдээх
Нууччалыы
- Длиною (или высотою) в сажень или в сколько-то саженей
- Ааныска балтараа саһааннаах кыдама атырдьаҕы ньилбэгэр биллэҕэн -- бугул аҥардыыта оту өрүтэ эһэн биэрэ турбут. Амма Аччыгыйа. [Быргый] ураҕаһынан биир түөрт уонча саһааннаах сиртэн чүөмпэ уутун таһыйан, балык күрэтэн киирэн бардаКүндэ
3 · даҕааһын
- Олус улахан, уһун; тэйиччи (үксүн биир, бүтүн диэн курдук чопчулуур-күүһүрдэр тыллаах тут-лар)
Нууччалыы
- Очень большой, длинный; далёкий (часто употр. в сочет. с усилительно-уточняющими словами биир "один", бүтүн "целый" и др. )
- Табах тардан бусхатар, остуолга тэлгэппит хаһыатын тула хаампахтыыр, саһааннаах илиниэйкэтинэн кыҥаталаан көрүтэлиир. Амма Аччыгыйа. Виктор Егорович Скворцов - уунар саһааннаах уол киһи толору аата итинник этэ. Софр. Данилов. Таас үрэх барахсан уутун дьэҥкэтэ, ырааһа диибин диэн - барыта саһааннаах сиртэн субу баар курдук ыйдаҥаран, күлүмүрдүү көстө олорор үгэстээх. Н. Заболоцкай. Арай ааҥҥа төҥкөйө-төҥкөйө, мэктиэтигэр биир саһааннаах эдэр киһи киирэн кэллэС. Руфов
4 · этии
- Бэчээтинэй саһаан (саһааннаах) кэпс. - толору кээмэйдээх, улахан саһаан Тоҕус бэчээтинэй саһааннаах Тоҥ харыйаны силистэри-буордары Сиҥнэри тардан [ылла]. П. Ойуунускай
Нууччалыы
- Полномерная, большая сажень