аат
сибигинэһии
- сибигинэс I диэнтэн хай. аата. Өр-өтөр буолбата, хосторго сибигинэһии, кэлии-барыы үксээтэ. П. Филиппов. Арай Нааста бэйэтэ бу туһунан тугу да билбэт этэ. Кини дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы чып кистэлэҥинэн, сибигинэһиилэри сэрэйиэхтээҕэр, түһээн да көрбөтө. С. Федотов. Омоону [киһи аата] райком бүрүөтүгэр бэйэтин үлэтин туһунан отчуоттууругар соруйдулар. Үлэһиттэр ортолоругар сэрэхэдийии, сибигинэһии буолла. “ХС”