сиилэс
I · 1
- сиилээ диэнтэн холб. туһ. Оччоҕо [былыр] иирсээн, этиһии, хоһулаһыы элбэҕэ, ким сиилэспэтэй... Н. Габышев. Таптаабыт киһи ытыыра - буруйга аахсыллыбат, Таах сырыттын муҥу көрө - сиилэһэ барыллыбат. Ш. Руставели (тылб. )
II · 2 · аат тыл
- Күөх үүнээйини дьаамаҕа симэн көөнньөрөн бэлэмнэммит сүөһү аһылыга
Нууччалыы
- Силос. Кэллэ сиилэс угуута, Оҕо-дьахтар барыта Таҕыстылар хонууга. Р. Баҕатаайыскай. Хотоҥҥо киирэри кытта сиилэс сыта саба биэрэр. С. Федотов. Сииктээх от бэйэтэ итийэр, сиилэс курдук көөнньөр, онто икки-үс нэдиэлэнэн тохтуур. ПАЕ ОС