силигилээ
1 · туохтуур
- туохт
- Оо, дьэ, кэпсиэхтэн кэрэ, этиэхтэн дьикти - айылҕа ийэ барахсан алыс да силигилээбит! П. Ойуунускай. Сир-дойду силигилээн турар. Амма Аччыгыйа. Силигилии сиппит будьурхай иирэлэр кытыл устун сэлэлии кэккэлииллэрэДалан
2 · туохтуур
- Муҥутуурдук сириэдийэ сит, көҕөр-наҕар (айылҕа туһунан)
Нууччалыы
- Буйно цвести (о растительности)
- Оо, дьэ, кэпсиэхтэн кэрэ, этиэхтэн дьикти - айылҕа ийэ барахсан алыс да силигилээбит! П. Ойуунускай. Сир-дойду силигилээн турар. Амма Аччыгыйа. Силигилии сиппит будьурхай иирэлэр кытыл устун сэлэлии кэккэлииллэрэДалан
3 · туохтуур
- Бааргынааҕар өссө ордук тубус, туругур, күүһүр
Нууччалыы
- Расцветать, стать лучше, сильнее, мощнее
- Саха сирэ силигилии үүннэ. Эллэй. Доҕордоһуу, эрэнии, хардарыта кыһамньы, эппиэтинэс, ытыктабыл бөҕө фундаменыгар тирэнэр эрэ буоллаҕына таптал -- дьиҥнээхтик силигилии сайдар. ПБН ОПТ. Өксөкүлээх Өлөксөй киһини сөхтөрөр улахан айар талаана норуот уус-уран айымньыларын -- сабыдыалларынан ситэн, силигилээн сайдыбытаД. Васильева