сиэтиллэн
- сиэттэр диэн курдук. Мантан сиэтиллэн олох бары сүҥкэн кыайыыларын кэпсэтэн бардылар. Эрилик Эристиин. Итинник аймалҕаннаах, быстарыктаах кэм, онтон сиэтиллэн тахсар өй-санаа бэлиэтэ буолан, күн бүгүнүгэр диэри ааттана сылдьар ити Дүллүкүгэ Үҥүү сүппүт диэн сир. Багдарыын Сүлбэ. Мин ити кырдьаҕас тылыттан сиэтиллэн, дьүөгэм биһикки бииргэ үөскээбит сэрии кэминээҕи аас-туор оҕо сааспытын -- санаан киирэн барабын. "ХС"