ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сиэтэлээ

  • сиэ диэнтэн төхт. көрүҥ. [Күөх Көппө:] Мээрэй бурдук, бас, туйах ылан сиэтэлээбитим, ол төлөбүрүгэр умса түһэбин. Суорун Омоллоон. Оройуоннааҕы агропромышленнай холбоһук мунньаҕар Астахов туран оройуон салалтатын, ордук сопхуостары сиэтэлээбитэ. Далан. Биирдии хаама сылдьар, ойоҕо-оҕото суох дьоннор сэттэлии идэһэни сайыҥҥы бириэмэҕэ сиэтэлээбиттэр. Эрилик Эристиин. [Спиридон:] Туох да буруйа суох эриэккэс дьоннорбутун сиэтэлээтилэр. С. Ефремов

«С» буукуба