ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сонордоо

1 · туохтуур

  • туохт
  • Күн ахсын [Фёдор Охлопков] өстөөҕү сонордуур. Кини сыалга ылбыт ньиэмэһэ - өлбүт ньиэмэс. Д. Кустуров. Биирдэ Күндэлэй туундараҕа кыыл табаны хойобуннаан баран өр сонордуур. "ХС". Кииһи сир-сир аайы араастаан бултууллар. Холобур, киин оройуоннарга ытынан сонордууллар"ХС"

2 · туохтуур

  • Булду эбэтэр киһини суоллаан кэнниттэн батыс, эккирэт; суоллаан бултаа (ордук түүлээххэ этиллэр)

Нууччалыы

  • Преследовать по следам зверя или человека; промышлять, выслеживая (особенно пушного зверя)
  • Күн ахсын [Фёдор Охлопков] өстөөҕү сонордуур. Кини сыалга ылбыт ньиэмэһэ - өлбүт ньиэмэс. Д. Кустуров. Биирдэ Күндэлэй туундараҕа кыыл табаны хойобуннаан баран өр сонордуур. "ХС". Кииһи сир-сир аайы араастаан бултууллар. Холобур, киин оройуоннарга ытынан сонордууллар"ХС"

3 · туохтуур

  • Туох эмэ тута ситиһиллибэти, сыралааҕы эккирэт, дьаныс

Нууччалыы

  • С упорством гнаться за чем-л. труднодостижимым
  • Ийэккээм, сырдык сыалы Сонордоон өр тэлэһийдим, Элбэх киэҥ куйаар тыалын санныбынан силэйдим. И. Гоголев. Түөрт-биэс сыаналары үрдүкү кылаастар оҕолоро үчүгэй киинэҕэ билиэти булар курдук сонордууллар. Н. Габышев. Кини санаата көмүстэн уонна сонордообут дьолуттан арахпатИ. Бочкарёв

4 · туохтуур

  • көр сойуолаа. Бэрэссэдээтэл тойоммут иирээри гыммыт быһыылаах. Тоҕо эрэ миигин өһүүр, миигин наар сонордуур. П. Ойуунускай. Соҕотохтуу миигин наар Сонордооҥҥут хаһымаҥ. Миигин кытта хаарыллыах Биир да киһи суох дуо, ама? Р. Баҕатаайыскай. [Урут] норуот туһугар биир эмэ ыалдьааччы -- тахсаары гыннаҕына, араастаан сонордоон, баайсан, балыйан туран, самнары тэпсэр этилэр буолбат дуо? Амма Аччыгыйа

«С» буукуба