сордоох
I · 1 · даҕааһын
- Эрэйдээх-кыһалҕалаах; дьоло суох
Нууччалыы
- Причиняющий страдания, мучения; несчастный
- Таҥараттан, саартан, талбаттан көҥүл сордоох дьоҥҥо кэлбэт, Көҥүл дьоллоох сырдык соргутун Бэйэбит эрэ булуохпут. П. Ойуунускай. Сордоох кураан дьыллар кэлэн умса миинэн эрэллэр. М. Доҕордуурап. Ынчыктаах айаным Ыган кэллэ, Сордоох айаным Суоһаан кэллэСаха фольк
II · 2
- эб. муҥнаах II диэн курдук. "Бэйи, дэлбэрийэн эр! Мин эн үтүө быһыыгын бар дьоҥҥо кэпсиирим буолуо. Сордоох оҕолор!" - диэн хаалла Сэмэнчик, кыыс кэнниттэн. Н. Неустроев. [Уйбаан:] Сордоох, саатар арыычча үөрэхтээх буоллаҕым дуу! Амма Аччыгыйа. Хамначчыт сордоох сүгэтинэн мас кэрдэн тоһурҕатан барар. Н. Якутскай