соролос
I · 1
- соролоо диэнтэн холб. туһ. "Сөп даҕаны, бэйэ-бэйэни соролоһон да диэн... " - диэтэ Кууһума. Н. Павлов. Үлэ, олох кэннибитигэр хаалыа диэн үлэлээбэппит эбитэ буоллар -- бэйэ-бэйэни соролоһон сиэһэр олохпутугар диэри төннөн түһүө этибит. М. Доҕордуурап. Аччыктаабыт барааннар оннооҕор бэйэ-бэйэлэрин түүлэрин соролоһон сиэһэр идэлээхтэр. Эҕэрдэ СС
II · 2
- көр сыралас. Күнү күннээн от муста. Соролоһон онно Соҕотох ынаҕар сордонно. С. Тимофеев. Үөрэнэр кинигэ, кумааҕы көстүбэт, оскуола сэбиэдиссэйэ бэйэҥ сүүрэн-көтөн, онтон-мантан соролоһон булаҕын. "ХС"