суостаах
1 · даҕааһын
- даҕ
- "Хата, бэйэҥ туран Хатан суостаах оһоххор Хардаҕаста бырах эрэ", – диэтэ. П. Ядрихинскай. Уот диэки өттүлэрэ олус суостаах – эттэрин сии сыһар, нөҥүө өттүлэрэ – тоҥор. Н. Заболоцкай. "Уус тыл охтооҕор сытыы, көмүөллээҕэр күүстээх, уоттааҕар суостаах", – эмээхсин бэрт итэҕэтиилээхтик эҥээриттэ"ХС"
2 · даҕааһын
- Итиинэн суоһуур, сыралҕаннаах
Нууччалыы
- Пылающий жаром, жаркий, горячий
- "Хата, бэйэҥ туран Хатан суостаах оһоххор Хардаҕаста бырах эрэ", – диэтэ. П. Ядрихинскай. Уот диэки өттүлэрэ олус суостаах – эттэрин сии сыһар, нөҥүө өттүлэрэ – тоҥор. Н. Заболоцкай. "Уус тыл охтооҕор сытыы, көмүөллээҕэр күүстээх, уоттааҕар суостаах", – эмээхсин бэрт итэҕэтиилээхтик эҥээриттэ"ХС"
3 · даҕааһын
- Кутталлаах, дьулаан
Нууччалыы
- Внушающий страх, страшный
- Ама саа-саадах ыҕарҕана суоҕун иһин, хайаатар да суостаах күннэр кэлэн тураллар ээ... П. Ойуунускай. Баар эбит олоххо Суостаах мүнүүтэ: Сүрэҕи муомахтыыр Санаа түһүүтэ. С. Данилов. Кулгааҕар биир кэм: "Абырааҥ! Өл-лүүм!" – диэн суостаах тыллар чуҥкунууллараИ. Федосеев
4 · даҕааһын
- Уордаах, кырыктаах
Нууччалыы
- Грозный, суровый, гневливый
- Додор кулуба дьон кэпсээнинэн буоллаҕына, хайа да былыргы саха тойотторуттан, баайдарыттан ордук суостаах, ордук баттыгастаах -- киһи эбитэ үһү. Саха фольк. Кини бэрт суостаах, кыыһырымтаҕай, бэрт ылыгас тээтэ этэ. А. Софронов. Биирдэ ол суостаах хотун Киргиэлэй Дьөгүөрэптээххэ хонуох буолбут сураҕа иһилиннэ. Дьэ сүлсүлгэн бөҕө буола түстэ эбээт!Амма Аччыгыйа