сухалаа
1 · туохтуур
- 1. Суханан сир кырсын хорут
Нууччалыы
- Пахать сохой
- Сиидэркэ уола Сэмэн кэлэн, сонуокпутун сухалаан эрэр. Амма Аччыгыйа. Биир чыккымай иннигэр мин оччо сири умса сухалаан бэрт! Н. Заболоцкай. Алаас иһин саҥа тэриллибит артыаллар бэрт киэҥник паардаан, сухалаан, хара буору килэппиттэрБэс Дьарааһын
2 · туохтуур
- Охтон умса түһэн эбэтэр сыылан туоххунан эмэ сири хоруй
Нууччалыы
- Пройтись какой-л. частью тела по земле, падая или ползая, пропахать землю (напр. , лицом)
- Саабыска тура охсоору, отон угунан сирэйин сухалаан ылла. А. Сыромятникова. Ол бэйэлээхпин ити сытыахсыт көс сиртэн үөмэн, сири-буору сирэйинэн сухалаан киирэн -- ытан ылбыта. Н. Заболоцкай. Түөһүнэн, иһинэн хаардаах кумаҕы сухалаан иннин диэки сыыла турбутаИ. Сысолятин