ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сыбыгыраа

I · 1 · туохтуур

  • субул. тыас туохт. Биир кэм түргэнник хатыланар "сып-сып" гынар тыаһы таһаар

Нууччалыы

  • Производить быстрое чередование шелестящих звуков (напр. , о шуме мелкого, частого дождя)
  • Самыыр тыаһа сыбыгырыыр.  Тиэтэл бөҕөнөн тэбигирээн, Тыынын муҥунан сыбыгыраан, Атыллаан иһэн аһа охсор. А. Софронов. Сэтиэнэххэ, хадьымалга ороҕуран Силигирии, сыбыгырыы сүүрэн, Хороҥ отунан хорҕолонон Хорооҥҥо кутуйах түһэр. К. Туйаарыскай. Көйүүр Үҥээлэбис Көбүөхтүүрүн көрөн кэбис, Сыт-сымар ылаат өрүсүһэн Сыбыгырыы сүүрбүтэ сүрүн! Кыраһа к. Ср. хак. сыбдыра ‘шелестеть’

II · 2 · туохтуур

  • дьүһ. туохт. Чэпчэкитик уонна түргэн-түргэнник үктэнэн хаамп (хол. , атах сыгынньах)

Нууччалыы

  • Легко и быстро двигаться. [Уолчаан] иирэ быыһынан барар сөрүүн суолга сыгынньах атаҕынан бытыгыраччы үктэтэлээн олус түргэнник сыбыгыраан истэ
  • А. Сыромятникова. Илиитигэр ньургуһун тутуурдаах атах сыгынньах кыыс ыллык устун хааман сыбыгыраан иһэрэ. ПП Дь

«С» буукуба