ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сылбархай

1 · даҕааһын

  • Туох да хойуу аһылыга, ыстал аһа суох (аҥаардас уу, чэй)

Нууччалыы

  • Пустой чай, вода (без еды)
  • Киэһэ үксүгэр хаппаҕын тутааҕа туллубут хампархай алтан чаанньыктан сылбархай чэйи иһэн утуйаллар. Амма Аччыгыйа. Өйдүүбүн ээ: үлэлээн кэлэн баран, ытыс саҕа лэппиэскэтин миэхэ сиэтэрэ, оттон бэйэтэ сылбархай ууну иһэн баран, эмиэ үлэтигэр барара. Суорун Омоллоон. Сотору утуу-субуу онно-манна ыал-ыалынан бүтүннүү сылбархай уу аһылыктанан, быстаран эрэллэр диэн буолбута"ХС"

2 · аат тыл

  • суолт. , кэпс. Мууһа суох ыраас уу (уу суолун туһунан)

Нууччалыы

  • Очищенный ото льда водный путь
  • Таһаҕаһы сылбархайынан аҕаллылар.  Сылбархайынан барда. ПЭК СЯЯ. Уу наһаа улааппыт уонна мууһа суох сылбархайынан кэлэр түбэлтэтигэр, дьону орто оскуолаҕа, мастарыскыайга уонна кулуупка көһөрүөхпүтБ. Павлов

«С» буукуба