ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

сылбый

1 · туохтуур

  • дьүһ. туохт
  • Тыы сылбыйа устар. Ыт үөмэн сылбыйда.  Сэниэтэ суоҕунан сылбыйа сиэлэн испит табалара айаннарын эбэн биэрэллэр, сааскы суол устун быалыы уунаҥнаһаллар. ИИА КК

2 · туохтуур

  • Чэпчэкитик уонна биир тэҥ наҕыллык сыҕарый; тыаһа-ууһа суох сыыйылла уһун

Нууччалыы

  • Двигаться легко и плавно; бесшумно скользить
  • Тыы сылбыйа устар. Ыт үөмэн сылбыйда.  Сэниэтэ суоҕунан сылбыйа сиэлэн испит табалара айаннарын эбэн биэрэллэр, сааскы суол устун быалыы уунаҥнаһаллар. ИИА КК

3 · туохтуур

  • Ыран, көтөхтөрөн аһара синньээн, субураан көһүн (хол. , сүөһүнү, кыылы-сүөлү этэргэ)

Нууччалыы

  • Становиться худым, плоским от истощения (напр. , о скоте, животных)
  • Оҕолорун эмиийдээн дэлби көтөхтөрбүт, сылбыйбыт түөрт харахтаах күөрт ыт, буруйдаммыттыы уолаттар сирэйдэрин-харахтарын кылап-халап көрөрө. Далан. [Оҕустара] тас көрүҥүттэн көрдөххө, туох да буолбатах, бааһа хаана-сиинэ суох эбит, арай агдата үллэн, иһэ эпсэри тардан, көрүҥэ сылбыйбытПАК АаТХ

4 · туохтуур

  • сөбүлээб. Биллибэтинэн, биллибэт-көстүбэт курдук сырыт

Нууччалыы

  • Ходить тайком, крадучись
  • Сыалыһар буолан сылбыйан, Сордоҥ буолан сургуйан Сатабылын эрэ булан, Салыҥмынан ньылбырыйан Ол айдаантан быыһанным, Оччугуйтан эрэ хааллым. П. Тобуруокап. Дьахтар кыыс үөрэнэр сиригэр сылбыйан тиийэн, кинилэр уолларын иирдэрин туһунан этэн-тыынан туран, үөрэҕиттэн үүрэллэригэр модьуйарКүрүлгэн

«С» буукуба