сылбырхай
- көр сылбархай. Күн саһарҕата тахсан эрдэҕинэ мунньустан, сылбырхай чэйдэрин иһэ олордулар. Амма Аччыгыйа. Ол кырдьаҕас сылбырхай чэйи иһэн сырылыта-сырылыта бэркэ иэйэн аргыый сэһэргии олорбута. П. Филиппов. Итинтэн кэлин ый саҥатыттан эргэтигэр диэри сылбырхай эт миининэн эрэ аһылыктаныахтааххын. С. Курилов (тылб. )