сыллаҥнаа
- сыллай диэнтэн хамс. көстүү. Тыастаахтык бысталаан, Тыллаах уос сыллаҥнаан, Аһыы-сии олордо, Айаҕын толордо. Эрилик Эристиин. [Балааҕыйа:] Үгэргээн сыллаҥныы олороохтоомо, мин аҕабыттан эн аҕаҥ ордуга холоон ээ. Амма Аччыгыйа. Билигин биһиги үчүгэй өттүбүт эргийэн турар, бэйи иһитиннэриэхпит, сыллаҥнаабыккын сымнатыахпыт, айыынан дьиэбит иһигэр кинээстээхпит, дьүүллүө. Н. Түгүнүүрэп