сырдык-хараҥа
1 · аат тыл
- Хараҥа эмискэ сырдыы түһүүтэ эбэтэр сырдык хараҥара түһүүтэ (хол. , түүҥҥү хараҥаҕа чаҕылҕан чаҕылыйталаатаҕына)
Нууччалыы
- Быстрая смена тьмы и света (напр. , при молнии в ночной тьме)
- Сырдык-хараҥа буолбахтыыр, чаҕылҕан күлүмнүүр, этиҥ тоҕута барарСуорун Омоллоон
2 · этии
- Сырдыкка-хараҥаҕа (сырдык-хараҥа ортотугар) киирдэ – тыҥааһыннаах балаһыанньаҕа киирдэ, эбэтэр өлөр-тиллэр икки ардыгар түбэстэ, түлэй-балай буолла Идея Васильевна Мөрүөн Даайа (илиитэ сүүлэ иһэн) сырдык-хараҥа икки ардыгар киирэ сырыттаҕына тиийэр. Н. Босиков. Көлөпүнэ [киһи аата] маатыралаан эрэрэ баара, төбөм ньир гынан баран ыараан хаалбыта уонна сырдык-хараҥа иһигэр кииртим. Н. Заболоцкай. Сороҕор суорҕаным иһигэр тоҥон бабыгырыырым, сороҕор этим уотунан кутаалыы, унньуктаах уһун түүн устата сырдыкка-хараҥаҕа киирэрим. А. Куприн (тылб. ). Сырдыкка-хараҥаҕа киллэр (түһэр) – 1) кими эмэ олус ыксатан, ууга-уокка түһэр. Θ Сильно торопить кого-л. , вгоняя в состояние растерянности. "Оптуобус хоҥноору турар, хомунан бара охсуохха!" – диэн уол ийэтин сырдыкка-хараҥаҕа киллэрдэ; 2) кими эмэ ыарахан, мүччүргэннээх, олус кутталлаах быһыыга-майгыга киллэр. Θ Сильно напугать кого-л. , застав врасплох. [Бөрө] биир улахан арбадай [ат] такымыгар түспүтэ. Ону анарааҥҥыта умса-төннө түһэн, хаарынан тибэн сырдыкка-хараҥаҕа киллэрбитин, дьолго, иҥиириттэн харбаабатах буолан, эттээх тириитэ сиирэ баран, тыыннаах ордубута. Р. Кулаковскай. Онуоха эбии ыттар -- ыстаммыттара эмискэтэ, хапсаҕайа миигин хара маҥнайгыттан сырдыкка-хараҥаҕа киллэрэн кэбистэ. "ХС"
Нууччалыы
- Находиться в состоянии кризиса, быть между жизнью и смертью (напр. , при болезни)
3 · этии
- Сырдык-хараҥа былдьаһыга (былдьаһыыта) көр былдьаһык. Киэһэ сэттэ чаас буолуута сырдык-хараҥа былдьаһыыта, этэ тарда-тарда, бэркэ сэрэнэн, кэтэнэн Сютин олбуорун кэннигэр тиийдэ. Болот Боотур. Үһүс күммүтүгэр, сырдык-хараҥа былдьаһыыта, мин билэр биэрэкпэр кэлбиппит. Н. Босиков