сэгэлдьий
I · 1
- сэгэй I диэнтэн арыт. көстүү. Үүтээҥҥэ киирдилэр. Солдатов оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит, чэй оргуппут, остуолга ас тардан бэлэмнээбит. Оҕонньор бэлэмҥэ кэлбититтэн үөрдэ, эгэ-дьэгэ буолан сэгэлдьийэ түстэ. "ХС". Түүнү быһа нуктаабакка эн сэргэх тыыныҥ кэлэр, кыламаныҥ сэгэлдьийэн уостаргын ибирдэтэр. Ити тугу этээри эн бачча долгуйдаҥый? Чэчир-80
II · 2
- сэгэй II диэнтэн арыт. көстүү. Маайыс хааман сиргэ үктэнэрэ да биллибэттик сэгэлдьийэр. Амма Аччыгыйа