сэдэхсит
- сэдэхсий диэнтэн дьаһ. туһ. Маҥнайгы эбии аһатыыны үүнээйилэри сэдэхситэн тонооһун кэнниттэн, онтон кэлин уон – уон биэс хоно-хоно ыытыллыахтаах. САССР КОА. Үүнээйилэр сиэмэттэн олус хойуутук үүнэн таҕыстахтарына, кинилэри үргээн сэдэхситэн биэрэллэр эбэтэр сорохторун атын сиргэ көһөрөллөр. СМН АҮө