сэймэктэс
- сэймэктээ диэнтэн холб. туһ. Айах атан биирдэ кэпсэппэтэх, биирдэ көрсөн кынчарыйсыбатах икки эр бэртэрэ хаан өс иһин чэгиэн эттэрин сэймэктэстэхтэрэ, кыа хааннарын тоҕустахтара. Далан. Тыйаатыр үс тыһыынча тиийэ гладиатор биирдэ киирэн сэймэктэһэр арыанатын анна элбэх көрүдүөрдээх, хостордоох эбит. ТГП ЕЭА. Халыҥ тириилэрин хайыта кырбаһан истилэр, чэгиэн эттэрин сэймэктэһэн истилэр. ПЭК ОНЛЯ I