сэндээр
- сэндэҥэр диэн курдук. Сэндээрэн көстөр бэс чагда быыһынан Петя ыгылыйан сүүрэн иһэр. М. Доҕордуурап. Тыаҕа киирбиппит: көтөҕө түһэн, мас харалаан, тыа иһэ куруламмыттыы ырааһыран, сэндээрэн көстөр. Р. Кулаковскай. Көрүҥ, уҥуоргу өттө тунааран көстөр. Ити өрүс эҥээрэ сэндээрэр. С. Тумат