сэргэҥнээ
- сэргээ диэнтэн б. тэҥ. көстүү. "Харчы баара олус үчүгэй", - Бодиевскай сэргэҥнии түстэ. Болот Боотур. Кинилэр кэпсэтиилэрин урукку хаайыылаахтар бэркэ сэргэҥнээн иһиллээтилэр. Эрилик Эристиин. "Мин урут истибэтэх аатым, - Гордей сэргэҥнии түстэ. - Курнатовскай диэн баарын быйыл сайын эрэ биллим". "ХС"