сэтиилэн
1
- сэтиилээ диэнтэн атын. туһ. Эт ыҥыырдар сүүрбэччэлии көтөл табаны сэтиилэнэллэрэ. Болот Боотур. Түөрт уонча көлүүр аты сорҕотун сэтиилэнэн, сорҕотун үүрэн хас да хонук устата айаннаан өрүскэ тиийэн кэлбиппит. П. Степанов. Торбуйах сордоох өсөһөн, сэтиилэммит быатын тардыалаһан көрөн баран, талаҕынан самыыга биэрбиттэригэр сиэлэн кусхарыйда. Тулхадыйбат д. // Тугу эмэ состорон бар
Нууччалыы
- Тянуть за собой, прицепив чем-л. (обычно вер¸вкой, бечевой)
- Салаасканы сыарҕаҕа сэтиилэннилэр. И. Гоголев. Машаны сэрэнэн көтөҕөн ылла уонна тыыны сэтиилэнэн кытыыга эрдиннэПИС СТС
2
- Тугунан эмэ арыаллан (хол. , айылҕа көстүүтүн этэргэ), туох эмэ аргыстаах буол
Нууччалыы
- Иметь сопровождение (напр. , о явлениях природы), иметь спутника
- Алтынньы ыйы аргыстанан, сэтинньи ыйы сэтиилэнэн, Ахсынньы ый устатын тухары Ахсаабакка дьалыһытыҥ, Кэмэ суох тибэн тибилитиҥ. Саха нар. ыр. I. Холобура суох Хотун Бүлүү Таас хайаларынан дьайыҥнаммыт, Тоҕус уон хоройор хочоломмут, Аҕыс уон аллар арыыламмыт Сэттэ уон силээн сэтиилэммит. Суорун Омоллоон. Туой олоро, сынньана түспүт киһи диэн суос-соҕотох санааны сэтиилэнэн иһэбинС. Федотов